Алтынньы ый 28 күнүгэр, П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолатыгар үгэс быһыытынан Оройуоннааҕы «Сахалыы эйгэ – оҕо түмсүүтүгэр» коммунарскай түмсүү буолан ааста. 2023 с. Акана оскуолата “Эркээйи эргиирэ” бырагырааманан үлэлиир пилотнай үөрэх тэрилтэлэрин кэккэтигэр киирбитэ. Быйылгы коммунарскай түмсүү бу бырагыраама чэрчитинэн ыытылынна. Ону таһынан, оҕолор Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күн» оҕо түмсүүтүн үлэтин-хамнаһын туһунан билистилэр. Түмсүү сыала – соруга:
— Хас биирдии оскуолаҕа «Күн» сахалыы тыыннаах оҕо түмсүүтэ тэриллэригэр олук ууруу;
— Оҕо түмсүүтүгэр сахалыы эйгэни сайыннарыы, кэҥэтии;
— Төрөөбүт тыл норуот тылынан уус – уран айымньыта, саха төрүт оонньуулара – норуот барҕа баайа, тыыннаах хаалар суола буоларын өйдөтүү.
Түмсүүнү тэрийэн ыыттылар П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолатын “Дьулус” оҕо түмсүүтэ, “Саха саҥата” түмсүү, Ньурбатааҕы “Ньурба эрэлэ” оҕо общественнай түмсүүтэ.
Коммунарскай түмсүүгэ 13 оскуолаттан 103 оҕо, 15 салайааччы кыттыыны ылла. Сарсыардаттан оскуолабытыгар алаадьы сыта, кытта кэлбит ыалдьыттары алаадьылаах быырпаҕынан айах тутуу, бары оҕолор, салайааччылар сахалыы таҥна сылдьаллара ураты тыыны үөскэттэ.
Тэрээһин аһыллыытыгар «Дьулус» оҕо түмсүүтүн лиидэрдэрэ, П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы А.А.Лукина, Ньурба оройуонун Үөрэҕирии салаатын иитии уонна эбии үөрэхтээһин отделын салайааччыта В.Н. Семенов төрөөбүт тылларын туһугар үлэлэһэр ыччат үксүү турарыгар уонна бүгүҥҥү күн ситиһиилээхтик, айымньылаахтык ааһарыгар баҕа санааларын эттилэр. Хас биирдии оҕо түмсүүтэ бэйэтин билиһиннэрэн кыттааччылары биир санааҕа сомоҕолуу түмтэ.
4 хамаандаҕа арахсан, «Дьулус» оҕо түмсүүтүттэн баһаатай сыһыарыллан үлэ-хамнас тэрилиннэ. Ол курдук, «Тооку» хамаанданы — Солтуева Маша, «Ээчэ» хамаанданы – Васильева Эвелина, «Бээчэ» хамаанданы — Торохов Витя, «Көөчүк» хамаанданы – Семенова Сайаана салайдылар.
2023 с. «КҮН» Өрөспүүбүлүкээтэҕи оҕо түмсүүтэ төрөөбүт тылларын өрө тутар, төрөөбүт тылбыт сайдарын туһугар кыһаллар оҕолору түмэн үлэтин саҕалаабыта. “Күн”оҕо түмсүүтэ хайдах үлэлиэхтээҕин туһунан сиһилии Ньурба оройуонун «Ньурба эрэлэ» оҕо общественнай түмсүүтүн салайааччыта Г.Н.Иванова, Н.Н. Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын тэрийээччи-педагога Д.П. Захаров кэпсээтилэр, санааларын үллэһиннилэр.
“Сахалыы эйгэ – оҕо түмсүүтүгэр” бырайыак күрэҕэр барыта 12 оскуола кытынна. Түмсүүлэр олус суолталаах, интэриэһинэй бырайыактары кэпсээтилэр. «Сахалыы радиопередача» диэн барайыагы көмүскээбит А.Н.Чусовской аатынан Ньурбатааҕы техническэй лиссиэй оҕолоро Попова Софья, Харитонова Лилия «Бастыҥ бырайыак» анал аат кыайыылааҕынан таҕыстылар. К.Д. Уткин аатынан Марха орто оскуолатын оҕолоро Николаева Валентина, Янкова Саина “Толкуйдаа, оонньоо, сайын” бырайыактара “Кэскиллээх бырайыак”, П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолатын оҕолоро Николаева Евгения, Николаев Ньургун “Саха тыла – Мин тылым” бырайыактара “Сонун бырайыак” анал ааттар кыайыылаахтарынан буоллуллар. Бу бырайыактар оҕолорго сахалыы эйгэни кэҥэтэргэ, айарга-тутарга элбэх кыаҕы биэриэхтэрэ.
Түмсүү иккис аҥарыгар Акана оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ Васильева Эвелина, Солтуева Маша «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тооку» диэн оҕо ханаалын уонна Ю-туб, Ру-тюб платформаларга тахсар «Чохоон» оҕолорго аналлаах ханааллар туһунан билиһиннэрдилэр. Кыргыттар оҕолорго «Тооку» уонна «Чохоон» ханааллары көрөн элбэх саҥаны билиҥ, сахаҕыт тылын иҥэриниҥ, баһаатайдар кыра оҕолору кытта үлэҕитигэр туһаныҥ диэн сүбэлээтилэр. Онтон салгыы оҕолор хамаанданан «Мин сахалыы саҥарабын» диэн тиэмэҕэ видеоролик оҥордулар.
Видеоролик оҥоруутугар оҕолор саха омук буолалларынан, сахалыы саҥаралларынан, сахалыы толкуйдуулларынан киэн тутталларын биллэрдилэр. Түмүккэ «Бастыҥ видеоролик ааптара» анал аат хаһаайына буолла Ньурбатааҕы элбэх хайысхалаах гимназия үөрэнээччитэ Колесова Люба, «Бастыҥ таҥааччы» анал ааты ылла Ньурбатааҕы “Ньурба эрэлэ” общественнай түмсүү лиидэрэ Потапова Юлия.
Саха ϴрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ «Эркээйи эргиирэ» диэн оҕо, ыччат сайдар эйгэтин тэрийэргэ туһуламмыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бырагыраамата олоххо киирдэ. Бу бырагыраама чэрчитинэн оскуолабытыгар сахалыы тыыннаах бэрт сэргэх, сонун тэрээһиннэр буолаллар. Нэһилиэкпит иһинэн “Саха саҥата” түмсүү (салайааччы саха тылын уонна литэриитэрин учуутала Васильева Н.В.) үлэлиир. Коммунарскай түмсүүгэ оҕолору аҕалбыт салайааччыларга “Эркээйи эргиирэ – оҕо-ыччат сайдар эйгэтэ” диэн төгүрүк остуолу Н.В.Васильева ыытта.
Оҕолорго, салайааччыларга П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Васильев М.Н. “Сахалыы остуол оонньуулара” диэн хамаандаларга дьарык ыытта. Оҕолор сахалыы остуол оонньууларын араастарын кытта билистилэр, астына-дуоһуйа оонньоотулар.
Норуот тылынан уус – уран айымньыларын толорууга М.Н. Петрова – Тойуктаах Марыына аатынан Аканатааҕы култуура уонна успуорт киинин общественнай түмсүүлэри кытары үлэлиир исписэлииһэ А.П. Михайлов маастар – кылаас ыытта. Оҕолор саха фольклорун көрүҥнэриттэн оһуохайдаан, хомуска оонньоон, чабырҕаҕы, норуот ырыатын толорорго холонон көрдүлэр.
Оройуоннааҕы «Сахалыы эйгэ – оҕо түмсүүтүгэр» коммунарскай түмсүү түмүгүнэн “Бастыҥ сахалыы тыыннаах лиидэр” анал ааты ылла Е.К.Федоров аатынан Хорула орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Прибылых Эдуард.
Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьону эҕэрдэлээн туран, истиҥ махтал суруктары уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри Ньурба оройуонун «Ньурба эрэлэ» оҕо общественнай түмсүүтүн салайааччыта Г.Н.Иванова туттартаата.
Коммунарскай түмсүү саха норуотун сомоҕолуур күн оһуохайынан түмүктэннэ. Оһуохай тылын эттилэр А.Н.Чусовской аатынан Ньурбатааҕы техническэй лиссиэй үөрэнээччитэ Аина Афанасьева уонна кырачаан кыттааччыбыт Маар орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ Григорьева Аделина.
Оройуоннааҕы «Сахалыы эйгэ – оҕо түмсүүтүгэр» коммунарскай түмсүү оҕолорго сахалыы эйгэни кэҥэтэргэ, бэйэ омугунан, тылынан, култууратынан киэн туттарга, салгыы сайыннарарга туһуланан, дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна. Бу тэрээһин оҕолорго биир умнуллубат кэрэ күн быһыытынан өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр хаалыа диэн эрэнэбит.
Тэрээһиҥҥэ кыттыспыт, күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит.
Суруйдулар А.П.Соркомова, П.С.Егоров аатынан Акана орто оскуолатын
тэрийээччи-педагога,
Васильева Н.В. саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала,
«Саха саҥата» түмсүү салайааччыта